СЭҺЭН БАЛАҔАНА ЫАЛДЬЫТТАРА

«Үс күн» испэктээх үс улуу суруйааччыларбыт — П.А Ойуунускай,А.Е . Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.Е Софронов-Алампа айымньыларынан туруоруллубут, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын сөргүтэр, кэскил суолун түстүүр, өбүгэ үтүө үгэстэрин эдэр көлүөнэҕэ уостан уоска тиэрдэр сонун туруоруу.

Сэһэн балаҕана үтүө ыалдьыттара — артыыстар хас биирдиилэрэ «Үс күн» хайдах айыллыбытын, оруолларыгар бэлэмнэрин, айымньы ис хоһоонун, суолтатын туһунан истиҥник сэһэргээтилэр. Этэргэ дылы, хас биирдии оруол кыһамньыны, талааны , ис дууһа нөҥүө образка киириини ирдиир. Ол курдук хас биирдии артыыс онньуур дьоруойун олоҕун- дьаһаҕын, майгытын, бэйэтин кутун-сүрүн нөҥүө аһардан оонньуур эбит. Оччого эрэ толору, ситэри көрөөччү болҕомтотун тардар оруол буһан-хатан, ситэн тахсар — диэн артыыстар кэпсииллэр.