Байбал Колесов: «Ардыгар оруолларбын кытта кэпсэтэбин…»

Куйаас күннэргэ ыһыахха бэлэмнэнии күүрээннээх үлэтэ тыйаатыр артыыстарыгар күөстүү оргуйар. Олоҥхо тыйаатырын артыыһын бу күннэргэ таба туппаппын. Кини Хаҥалас улууһун Чапай бөһүөлэгэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэ сылдьар. «Үлэм быыһыгар соло булан көрсүбэтэхпитинэ, төлөпүөн нөҥүө кэпсэтиэхпит» дэстибит. Мин сэрэххэ ыйытыыларбын эрдэ ыытан кэбистим. Сотору буолан баран кини: “Мин сирэй-харах көрсөн олорон кэпсэтэрбин ордоробун, төлөпүөн нөҥүө кыаллыа суох курдук…” – диэбитигэр, киэһэ сэттэ чааһы ааһыыта үлэбэр айаннаабытым. Бу Байбал Колесов диэн Олоҥхо тыйаатырын биир тарбахха баттанар артыыһа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн «Хардааччы Бэргэн” диэн Андрей Титович Титаров диэн 1916-1988 cылларга олорон ааспыт ытык киһи олоҥхотун режиссер быһыытынан туруора сылдьар.

2016 сыллаахха Аммаҕа ыытыллыбыт Ыччат ыһыаҕар кыайыылааҕынан тахсан “Сиэдэрэй сэһэннээх толорооччу” аатын ылбыта. Кини «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхоҕо тохсус ойууну, “Удаҕан кыргыттарга” – Кыыкыллаан ойууну, “Таптал талыытыгар” – бүтүн үс оруолу, “Дьырыбына Дьырылыаттаҕа” – Тойон Дьөллүүтү, “Ала Булкуҥҥа” сүрүн оруолу оонньообута.
2019 сыллаахха «Желанный берег” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи онус төгүлүн ыытыллар тыйаатыр бэстибээлигэр Байбал Колесов эр киһи бастыҥ оруола (“Ала Булкун” олоҥхо) аакка тиксибитэ.
Арылхай уоттаах харахтар­даах Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Байбал Колесовтыын кэпсэтэ олорон «Ханнык киинэҕэ оонньообуккунуй”, – диэн ыйытабын. “Дьикти сааска” Ваня Халдеевы диэбитигэр, хас да сыллааҕыта астына көрбүт киинэбэр Ваня уобараһа эмискэ тиллэн кэллэ. Дьэ, артыыс диэн маннык буоллаҕа. Кэпсэтэ олорон арыллан, тупсан, киһи хараҕар хас эмит төгүл үрдээн көстөр айылгылаах дьон, сыанаҕа тахсан оонньоон үгүс киһи кутун-сүрүн ол да иһин тутар буоллахтара дии санаатым. Бүгүн Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Байбал Колесовы кытта кэпсэтиини билиһиннэрэбин.

– Бэйэҥ тускунан билиһиннэр, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?

– Дьааҥы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Аҕам – охотовед, ийэм – кулуупка остуо­рас. Төрөппүттэрим сүөһүлээх-астаах тыа сирин дьоно буолаллар. Ийэм үлэтигэр куруук тэҥҥэ сылдьар буолан оҕо эрдэхпиттэн кулууп «абаа­һыта” этим. Ону сэргэ аҕабын кытта бултаан-алтаан улаап­пыт буоламмын, тоҕо эрэ кыра сааспыттан улахан кылааска тахсыахпар диэри охотовед буо­луом диэн баҕа санаалааҕым. Арай биирдэ эһээм Байбал доҕоро Афанасий Михайлович би­­һиэхэ кэлэн олорон, ханнык үөрэххэ туттарсарбын ыйыталаста. Онуоха мин охотовед буолуохпун баҕарабын диэтим. Дьэ, онуоха кини миэхэ ити идэни таллахпына, үлэтэ суох хаалыахпын сөбүн бэркэ быһааран биэрбитэ уонна артыыс буолуоххун сөп диэбитэ. Оччолорго мин номнуо сыанаҕа ыллыыр, үҥкүүлүүр, хоһоон да ааҕар, дьоҕус испэктээктэргэ да оонньуур этим. Сыта-тура толкуйданан баран 2008 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран хас да үөрэххэ докумуоннарбын туттарбытым. Итилэртэн биир бастакынан Арктическай институт түмүгэ биллибитэ. Онон мин артыыс буолар баҕаттан тута сөбүлэһэн докумуоннарбын туттарбытым, атын үөрэхтэр түмүктэрин күүтэ даҕаны барбатаҕым.

– Дьэ, онтон этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрэн баран хайдах Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлии кэлбиккиний?

– Үөрэхпитин бүтэрэрбит саҕана барыбытын тыйаатырдарынан үллэрбиттэрэ. Оччолорго Саха тыйаатыра биһиги санаа­бытыгар олох чыпчаал буоллаҕа дии. Онуоха туран миигин, Ганя Менкяровы, Ньургуйаана Макарованы Олоҥхо тыйаатырыгар анаатылар. Ити 2013 сыллаахха үөрэхпин бүтэрээт тута үлэҕэ киирбитим уонна аҕы­йах ый үлэлээн баран аармы­йаҕа барбытым. Биир сыл сулуус­палаан баран дойдубар тахсыбытым. Сулууспалаан кэлбиттэргэ ый кэриҥэ сынньалаҥ бэриллэр. Дьэ, мин сынньаныам диэн саныы сырыттахпына, арай тыйаатырдарым төлөпүөннээн, “Кыһыл көмүс мааскаҕа” кыттар буоллубут, түргэнник кэлэ тарт диэтилэр. Инньэ гынан, нэдиэлэ курдук дойдубар сылдьаат төттөрү куоракка айаннаабытым.

– Ити биири сөҕөбүн, артыыстар хастыы даҕаны испэктээккэ оонньуугут, быыһыгар киинэҕэ уһуллаҕыт. Тылгытын-өскүтүн хайдах нойосуус үөрэтэҕит. Олоҥхо тыла-өһө уустук. Бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барарый?

– Тыйаатыр испэктээгэр оонньуурга аҥаардас тылы эрэ нойо­суус үөрэтэр тутах буолар. Уобараска, турукка киирии сүрүн оруолу ылар. Ардыгар урукку испэктээги хатылыырга тылгын көрөн бэлэмнэнэ да иликкинэ, сыанаҕа турар миэстэҥ, хамсаныыҥ эйигин саҥардар. Урут оонньообут оруолуҥ уобараһын тылын-өһүҥ саҥарбытынан бараҕын. Аны туран, артыыстарга “белый лист” диэн баар буолар. Миэхэ оннук буола илик эрээри, улаханнык саҥарбаппын. Сыанаҕа тахсан баран артыыс тылын-өһүн умнан кэбиһэр үһү. Дьэ, итинник түгэҥҥэ бииргэ оонньуур, аттыгар баар киһиҥ эйигин уустук балаһыанньаттан таһаарыахтаах. Артыыс-артыыс бэ­­йэтин ис туругун салайынар, уобараһы арыйарыгар бэйэтэ туспа айылгылаах. Ол курдук, талааннаах артыыс, билигин биһиги кэккэбитигэр суох Галина Тихонова сыанаҕа тахсыан иннинэ хас биирдии оруолугар ымпыгар-чымпыгар диэри бэлэмнэнэрэ. Оннооҕор хааман киирэр хардыытыгар тиийэ үөрэтэрин сөҕө уонна ытыктыы көрөрүм. Онон хас биирдии артыыс бэйэтэ туспа бэлэмнэнэр, оруолу арыйарыгар туттар ньымалардаах.

– Сыанаҕа оонньуу тахсаргар төһө долгуйаҕын. Төрөппүттэриҥ сыанаҕа оонньуургун көрбүттэрэ дуо?


– Төрөппүттэрим сүөһүлээх-­астаах буолан Дьааҥыттан куоракка кэлэн көрө иликтэр. Арай бэйэбит тыйаатырбыт гостуруоллуу тиийэ сылдьан Ала Булкуну оонньообуппун көрөн сөхпүттэрэ баара. Аны туран сыанаҕа оонньуу тахсарга хас биирдии артыыс син биир долгуйар. Чугас, билэр дьонум баар буоллахтарына, син биир ханнык эрэ са­­нааҥ кэтэҕэр, кини баар этэ диэн саныыгын.

– Артыыс быһыытынан ордук ханнык оруоллары астынаҕын. Бу үлэлээбитиҥ тухары саамай ыарырҕаппыт, уустугурда санаабыт оруолуҥ ханныгый?

– 2015 сыллаахха Тан Сяньцзу “Пионовая беседка” айымньытынан Степанида Борисова туруорбут «Илэ буолбут иччилээх түүл» испэктээккэ Лю Мэндэй диэн бөдөҥ-садаҥ, тойон хаан оҕонньор оруолун толорбутум. Миэхэ, уҥуохпунан соччо улахана суох киһиэхэ, кытайдар мас тиһиликтээх атах таҥастарын кэтэртилэр. Онон нэһиилэ хаамабын уонна оруолбун арыйыахтаахпын. Дьэ, ити оруолу арыый ыарыр­ҕаппытым эрээри, айар үлэбэр уопут буолан хааллаҕа. Бу үлэлээбитим тухары ордук ойууннар оруолларын астынан толоробун. Ол эрээри ардыгар оон­ньуом иннинэ оонньуохтаах уобараспын кытта кэпсэтэбин. Хайдах эрэ көҥүллэтэр диэххэ сөбө дуу, оннук кэпсэппитим кэннэ оруо­лум арыллар, тыла-өһө, хамсаныыта барыта да табыллар. Ардыгар ойуун уобараһын толорорбор туох да паригым көтүөр, микрофонум туллуор диэри оонньооччубун. Оннук ылларан, иэйэн-куойан оруолум туругар киирээччибин. Онон оруол эмиэ араастаах. Ону сэргэ, “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” испэктээккэ эр киһи оруолун толорбуппун сөбүлээбитим.

– Олоҥхо тыйаатырын артыыһын быһыытынан биир эмит олоҥхону толору толорбутуҥ дуо?

– Тыйаатыр сыанатыгар олоҥхону бүтүннүү туруорар кыаллара уустук. Олоҥхо кээмэйэ олус улахан уонна элбэх оруоллардаах. Онон сыанаҕа туруорарга режиссер син биир кыччатар, быһар-­отор. Толорбут олоҥхом туһунан этэр буоллахха, Тимофей Захаров – Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотун Гаврил Менкяров режиссердаан туруорбута. Онно мин Ала Булкун оруолун толорбутум. Ону сэргэ, үгүс олоҥхолорго оонньоо­бутум.

– Артыыс, киһи быһыытынан олоххо тутуһар са­­нааҥ.

– Мин ылсыбыт дьыаланы хаачыстыбалаахтык тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуһабын. Хаһан даҕаны туохха даҕаны ис сүрэхпин уурбакка эрэ ылсыбаппын. Санаам сыппат буоллаҕына, ол кэриэтин ылсыам суоҕа.

– Кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айар үлэҕэр сити­һиилэри.

edersaas.ru