Мария Турантаева: «Олоҥхоһуттар кэмнэрэ кэллэ»

Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччилэринэн кэргэннии Андрей уонна Степанида Борисовтар буолаллар. Кинилэр төрүттээбит Олоҥхо тыйаатырдара бу күннэргэ тэриллибитэ 15 сылын туолар. Онно сиэттэрэн, Олоҥхо тыйаатырын салайааччыта М.В. Турантаеваны кытта кэпсэтэбит.

Олоҥхо – саха омук киэн туттуута

– Мария Васильевна, сэһэргэһии хаппахчытын арыйдахпыт буоллун…

– 2008 сыллаахха тыйаатырбыт төрүттэнэн, бу күннэргэ 15 сылбытын бэлиэтиибит. Кэлэктииппит 99 үлэһиттээх. Хас да сиринэн тарҕанан үлэлии олоробут. Дьиэбит тутуллан бүтэрин кэтэһэбит. 2024 сылга бүтүө диэн эрэннэрэллэр. Тыйаатыр иһинэн Олоҥхо киинэ үлэлиир (сал. А.Е. Захарова). Кинилэр 2009 сылтан саҕалаан Олоҥхо киинин тэрийэн, олоҥхо кэрэ эйгэтин дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатан үлэлэрин саҕалаабыттара.

– Артыыстаргыт ханна түһүүлэнэн үлэлииллэрий?

– Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үлэлииллэр,  сыанабыт онно баар.

– Сүрүн састаапкыт кимнээҕий?

– Үс олоҥхоһут баар – В.Г. Исаков, Н.П. Тимофеев уонна П.М. Тихонов. Бу сүдү дьоммут оҕону-ыччаты олоҥхо эйгэтигэр уһуйаллар. Олоҥхону үгэс быһыытынан толороллор. Кинилэри салҕааччы, утумнааччы Василина Баланова, Гаврил Менкяров, Анастасия Алексеева буолаллар.  

Сүрүн үлэһиттэрбит – АГИКИ “тыйаатыр уонна киинэ артыыһа” идэтигэр үөрэнэн бүтэрбит ыччаттар. Кинилэри РФ норуодунай артыыһа С.И. Борисова  АГИКИ-га 1-кы, 2-с куурустарга тойукка үөрэппитэ-такайбыта. Онон сүрдээх үчүгэй бэлэмнээх идэлээх ыччаттар кэлбиттэрэ.

Тыйаатырга үлэлииллэр: 3 режиссёр, 36 артыыс, маны сэргэ  “Эрэл” ансаамбыл 9 үҥкүүһүтэ, 7 мусукаан, 10 туруорааччы бөлөх дьоно.

– Инники ыра санааҕыт?

– Уус-уран салайааччыбыт, тыйаатырбыт төрүттээччитэ, РФ норуодунай артыыһа А.С. Борисов санаатын олоххо киллэрэн, инникитин Олоҥхо опера национальнай тыйаатырыгар тиийиэхтээхпит диэн баҕа санаалаахпыт. Аан дойду бары национальнай опералара төрүт үгэстэрин тутуһан ыллыыллар. Ол курдук, Кытай Пекиннээҕи оператын ылан көрдөххө,  ити – кинилэр национальнай опералара буолар.

Аны биир бүччүм санаабыт – олоҥхоһут диэн анал идэ баар буолуон баҕарабыт. Саха омук үс идэлээх дииллэр – олоҥхоһут, уус уонна ойуун. Билиҥҥи туругунан хайата даҕаны суох.  Классификация ыйынньыгар киирдэҕинэ, дьэ, тахсан кэлэр.

Холобура, тыа сиригэр оскуола тутаары гыннахтарына “хас оҕо баарый?” диэн ыйыталлар. Син эмиэ ол курдук “Олоҥхоһут диэн кимий?” диэнтэн саҕаланар. Олоҥхоһут туох идэлээх буолуохтааҕый, ханна үлэлиэхтээҕий, хайдах усулуобуйалаах буолуохтааҕый диэн өйдөбүлтэн барыта саҕаланар. Олоҥхоҕо куукуланан испэктээк эйгэтин кэҥэтэр былааннаахпыт. Үлэ, былаан элбэх. 

– Олоҥхоһуту тоҕо идэ курдук туруорсаҕытый?

– Тыва хабарҕа ырыалаах (“хоомей”). Кинилэр бу хабарҕаларын ырыатын национальнай уратыларын быһыытынан сыаналыыллар. Оттон биһиги олоҥхоһуттарбытын эмиэ итинник таһымҥа таһаарыахтаахпыт. Олоҥхоһут идэтэ былыр-былыргыттан ханна да суруллубатах, ыйыллыбатах идэ буоллаҕа. Устуоруйа кэрэһилииринэн, былыр олоҥхоһут дьон ыалы кэрийэ сылдьан ыллаан, ол соболоҥун таҥаһынан-сабынан, аһынан-үөлүнэн (аныгылыы эттэххэ “бартер” өйдөбүлэ) ылаллар эбит. Бэйэтэ идэ курдук көстөн тахсар.

Идэ быһыытынан көрүллэрэ буоллар, олоҥхоһут идэлээх элбиэ этэ. Айылҕаттан олоҥхоһут талааннаах төһөлөөх киһи баара буолуой? Билигин олоҥхолуу сылдьар кырдьаҕастарбыт үгүстэрэ эдэр сылдьан бэркэ кыанар, уһун тыыннаах спортсмен дьон эбиттэр. Сорохторо тыа хаһаайыстыбатыгар өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбиттэр, үксүлэрэ учууталлар.

– Билигин уһуннук олоҥхолуур дьон бааллар дуу?

– Олоҥхоһуттар сүппүттэр диэн буолбатах, төттөрүтүн, сөргүтүллэн, элбээн эрэллэр. 6-лыы, 7-лии чаас олоҥхолуур дьон баар буолан эрэллэрэ үөрдэр. Намҥа культуролог идэлээх, педагогунан үлэлиир Яна Нюргусова диэн кыыс баар. Никандр Тимофеев үөрэнээччитэ. Сүрдээх үчүгэйдик 7–8 чааһы быһа олоҥхолуур.

Олоҥхо – киэҥ байҕал. Үгэс быһыытынан толоруу, тыйаатыр кэрэ эйгэтигэр олоҥхону испэктээк быһыытынан туруоруу, ускуустуба араас хайысхатыгар олоҥхону дьүһүйүү билиҥҥи кэмҥэ барыта кыаллар.

– Оччотугар олоҥхо кэмэ кэллэҕэ дии.

– Дьон билигин улаханнык аахпат буоллулар, онон олоҥхоһуттар кэмнэрэ кэллэ быһыылаах диэн сыаналыыбыт. Ол эбэтэр – истии эйгэтэ. Төһөнү баҕарар истиэхтэрин сөп. Билигин олоҥхоһуттарбыт саастарын эдэрситэ сатыыбыт. Хас биирдии киһи бэйэтин көлүөнэтин истиэн баҕарара биллэр. Ол курдук, аҕам саастаахтарга – саастаахтар, орто саастаахтарга – ортолор, эдэрдэргэ эдэрдэр баар буолуохтаахтар. Этэн аһарбытым курдук, 36 артыыстаахпыт, ол аата 36 олоҥхоһут баар буолуохтаах. Ол – кинилэр үрдүк таһымҥа тахсыылара буолуо этэ.

– Олоҥхону ылбычча киһи туруорбата буолуо.

– Режиссура өттүн ылан көрөр буоллахха, олоҥхону туруорар олус уустук. Билигин сүрүн маастардарбыт Андрей Саввич уонна Степанида Ильинична Борисовтар буолаллар (“Эллэй Боотур”, “Кыыс Дэбилийэ”, “Удаҕан кыргыттар”, “Улуу Кудаҥса” үлэлэри туруорбуттара). Олоҥхону үрдүк таһымнаахтык туруорбут Матрена Корнилова (“Дьырыбына Дьырылыаттаны” туруорбута), хомойуох иһин, күн сириттэн күрэммитэ. Ол эрээри кини туруорбут олоҥхото тыыннаах, уһун олохтоох, дьоллоох дьылҕалаах диэн бэлиэтиэххэ сөп.

М. Маркова, Г. Менкяров, П. Колесов олоҥхо тыйаатырын эдэр режиссёрдара эмиэ бэрт сэргэх туруоруулара дьон-сэргэ биһирэбилин ылан эрэллэр. Тустаах киһи бэйэтигэр үчүгэй сүгэһэрдээх буоллаҕына, олоҥхону табан туруорар буолар эбит.

– Ааспыт сылтан олоҥхоһуттары сүрдээҕин өйөөн, анал ыйаах таһааран истипиэндьийэ олохтообуттара хайҕаллаах.

– Ил Дархаммыт А.С. Николаев өйөөбүтэ махталлаах дьыала. Олоҥхо эйгэтигэр үлэлии сылдьар дьон бу өйөбүлтэн олус үөрэбит. Урут хаһан даҕаны маннык улахан болҕомто олоҥхоһуттарга уурулла илигэ. Онон  кэскиллээх ыйаах баттанан, биһигини инники үлэбитигэр кынаттыыр.

– Оччоҕуна олоҥхо инникилээх дии саныыгын дуу?

– Биллэн турар. Билигин IT технологияны улаханнык сыаналыыр буоллулар. Олоҥхоһут эмиэ – транслятор, интэриниэт кэриэтэ. Олоҥхоһут төбөтүн арыйан көрөр киһи, бэйэтэ түгэҕэ биллибэт байҕалга тэҥнээх дириҥ. Билиҥҥи туругунан биһиги 5–10%-нын эрэ арыйбыт буолуохтаахпыт. Кэнэҕэһин ыччаттарбыт өссө үчүгэйдик көрүөхтэрэ, баһылыахтара буоллаҕа.

– Хас эмэ чааһы быһа олоҥхолуур дьон, чахчы, өйдөрүттэн ылан толороллоро буолуо дуо?

– Оннук. Ойуунускай тыла баар дии “Тохтор тойугум” диэн. Син ол кэриэтэ Үөһэттэн кэлэн түһэр буоллаҕа. Олоҥхоһуттарга Ытык Чыыбыстаан диэн тыл иччитэ баар. Кини кэлэн кулгаахтарыгар кэпсиир үһү, ону кинилэр олоҥхонон тириэрдэллэр. Олоҥхоһутуҥ бэйэтэ эмиэ туһунан эйгэлээх. “Ойуун, уус, олоҥхоһут” баар диэн этэллэр. Дьиҥэр, олоҥхоһутуҥ балардааҕар улахан ыстаатыстаах диэн этэллэр. Тоҕо диэтэххэ, ойуун таҥаһын уус оҥорор, уус туһунан олоҥхоһут уһуйар. “Тыл күүһэ охтооҕор сытыы” диэн мээнэҕэ эппэттэр, ол эбэтэр тылынан киһини өлөрүөххэ, тылынан киһини туруоруохха сөп.

– Бу кэм устата Олоҥхо тыйаатырын быһыытынан ааккыт ааттанна, олоххутун булуннугут.

– Хойукка диэри Саха тыйаатырын Аччыгый саалатыгар дьукаахтаһан, үлэлээн кэлбиппит. Онтон 2019 сылтан Өксөкүлээх киинигэр дьиэлэнэн, туспа хаһаайыстыба буолбуппут. Олоҥхо тыйаатыра аан дойдунан сырыыта үгүс. Ол курдук, Греция, Кытай, Япония, Индия дойдуларыгар  олоҥхону көрдөрөн, омук дьонун биһирэбилин ылбыта. Сахабыт сиригэр 2014 сылтан Олоҥхо ыһыахтарын тэрээһинигэр үлэлэһэбит. Сылын ахсын Олоҥхо дэкээдэтин тэрийсэбит. 

– Улуустарга Олоҥхо дьиэлэрэ баар буолбуттара балай да кэм буолла. Олору кытта хайдах ситимнээх үлэлиигитий?

– Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  Олоҥхо 11 дьиэтэ баар. 2007 сылтан улуустарга Олоҥхо дьиэлэрэ тутуллан барбыта эрээри, үлэтин ис хоһооно өр кэмҥэ биллибэккэ сылдьыбыта. Былырыын Үөһээ Бүлүүгэ, Олоҥхо ыһыаҕар Ил Дархан А.С. Николаев Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимҥэ киллэрэн, үлэлэтэр туһунан ыйаахха илии баттаан турар. Улуустарга баар Олоҥхо дьиэлэрэ төрүт түөлбэ олоҥхотун сөргүтүөхтээхтэр уонна олоҥхону толорор дьоннорун бэйэлэрин истэриттэн иитэн таһаарыахтаахтар.

Ол чэрчитинэн “Олоҥхо дьиэлэрин биир кэлим систиэмэтин олохтооһун” култуурунай эспэдииссийэ (Олоҥхо тыйаатыра, Геокультура сайдыытын института, Хомус түмэлэ) Бүлүү улуустарынан сырыыта тохсунньу 31 күнүттэн саҕаламмыта. Эспэдииссийэни А.С. Борисов иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыта. Тыйаатыр Степанида Борисова “Кыыс Дэбилийэ” уонна  Гаврил Менкяров “Дьорҕостой Бэргэн” туруорууларын көрдөрбүтэ. Маны сэргэ маастар-кылаастары ыыппыта.

– Үбүлүөйгүтүнэн сибээстээн, үлэҕэ-хамнаска былааҥҥыт тугуй?

– Бу күннэргэ кулун тутар 17 күнүттэн “Хардааччы Бэргэн” испэктээгинэн үбүлүөйдээх тэрээһиммит сыл устата салҕанан барыаҕа. Олоҥхо дьиэлэрин кытта холбоһуктаах бырайыактары оҥоруохпут, норуот тыйаатырдарын кытары испэктээктэри туруоруохпут.

– Мария Васильевна, олоҥхо курдук уустук эйгэҕэ үлэҕит ситиһиилэнэн истин!

Тыйаатыр кэлэктиибэ 1

Саргылаана БАГЫНАНОВА.