Аһымал акция «ИС СҮРЭХТЭН»

Күндү бар дьоммут! Чугаһаан иһэр саргылаах Саҥа Дьыл бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, Олоҥхо Тыйаатыра уонна «Эрэл» норуодунай үҥкүү тыйаатыра сылын ахсын ыытыллар «ИС СҮРЭХТЭН» аһымал аахсыйабытын ахсынньы ый 1-25 күнүгэр диэри саҕалыыбыт.
Бары бииргэ оҕолорго Саҥа Дьыллааҕы абылаҥы бэлэхтиэҕиҥ.
Ханнык баҕарар бэлэх буолуон сөп: кинигэ, оонньуур, кэмпиэт, тэтэрээт уо. д. а.
БЭЛЭХТЭРИ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, дьиэҕэ олорор араас диагнозтаах оҕолорго тиксэрэбит. Онон бары, туора ааспакка, оҕолору үөрдүөххэ, кыттыһыахха!

БЭЛЭХ ХОМУЙАР СИРБИТ: Петра Алексеева 49/1 каб 23
Билсэр нуөмэргит:
89644181953
89659971489