СӨ Национальнай библиотеката Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын күннүгүн саҕалыыр.
Бу сигэлэринэн сүрүн тэрээһиннэртэн сонуннары ааҕыҥ.
![b57a6b66-c04f-41df-9e80-8d8c4a1c7be8.jpeg b57a6b66-c04f-41df-9e80-8d8c4a1c7be8.jpeg](https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/8c5/b57a6b66-c04f-41df-9e80-8d8c4a1c7be8.jpeg)
Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһун түөлбэ олоҥхотун билиһиннэрэр үгэстээхпит. Ол сиэринэн, театрализованнай дьүһүйүүбүтүн Өймөкөөн олоҥхоһута Максим Филиппович Аммосов “Дугуйа Бөҕө” олоҥхотугар олоҕуран туруордубут. Сиһилии: https://olonkho.nlrs.ru/archives/3505
![a130db30-53ee-4134-adea-94220e07b72f.jpeg a130db30-53ee-4134-adea-94220e07b72f.jpeg](https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/574/a130db30-53ee-4134-adea-94220e07b72f.jpeg)
Олоҥхо ыһыаҕын олоҥхоһуттарын түһүлгэтин аһар сиэр-туом бэс ыйын 30 күнүн киэһэ буолла. Таатталар бэркэ тэрийэн ыыттылар. Сиһилии: https://olonkho.nlrs.ru/archives/3526
![441c9152-db38-438c-a801-584c52aeef45.jpeg 441c9152-db38-438c-a801-584c52aeef45.jpeg](https://old.nlrs.ru/upload/medialibrary/cd3/441c9152-db38-438c-a801-584c52aeef45.jpeg)
Олоҥхо ыһыаҕын биир үтүө үгэһэ – бастыҥ олоҥхоһуттары маанылаах сандалыга ыҥыран, үрдүкү салалта бэрэстэбиитэллэрин кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһии буолар. Өймөкөөҥҥө буола турар бу Олоҥхо ыһыаҕар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ытык ыалдьыттары көрүстэ. Сиһилии: https://olonkho.nlrs.ru/archives/3543