Олоҥхо ыһыахтара 2030 сылга диэри ханна буолаллара быһаарылынна

Кэнники кэмҥэ  саамай кэтэһиилээх ыһыаҕынан Олоҥхо ыһыаҕа буолла. Ыытыллар сиригэр тутуу бөҕө барара да тэрийэр улууска туһалаах, олохтоохтор сэргэхсийэллэрэ да абыраллаах. Бирииһэ ботуччу суумалааҕа да көдьүүстээх: сыл аайы олоҥхону толорор киһи ахсаана эбиллэ турар. Чуолаан ыччат өттө сэргиирэ кэрэхсэбиллээх.

Дьэ, онон Олоҥхо ыһыаҕын ыһар чиэс-бочуот тэҥэ. Маныаха анал хамыыһыйа быһаарыытынан, кэлэр сылларга ханнык улуустарга ыытыллара номнуо быһаарылынна.  

2026 с. – Кэбээйи;

2027 с. – Ленскэй;

2028 с. – Томпо;

2029 с. – Орто Халыма;

2030 с. — Таатта.

Былырыын Өймөкөөҥҥө буолбута, быйыл Аммаҕа ыытыллар, эһиил Нерюнгрига көрсүөхпүт!