![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_1_2024-02-28_16-42-57-768x1024.jpg)
![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_2_2024-02-28_16-42-57-1024x768.jpg)
![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_3_2024-02-28_16-42-57-1024x768.jpg)
![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_4_2024-02-28_16-42-57-768x1024.jpg)
![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_5_2024-02-28_16-42-57-1024x768.jpg)
![](https://olonkhotheater.ru/wp-content/uploads/2024/02/photo_6_2024-02-28_16-42-57-1024x768.jpg)
Амма улууһугар ыыталлыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн олунньу ый 27 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри Олоҥхо тыйаатыра гастролун саҕалаата.
Бүгүн олунньу ый 28 күнүгэр Болугур нэһилиэгэр маастар кылаастар, испиктээхтэр саҕаланнылар.
Салҕыы олунньу ый 29 күнүгэр Сулҕаччы нэһилиэгэр, кулун тутар 1 күнүгэр Амма нэһилиэгэр, кулун тутар 2 күнүгэр Эмис нэһилиэгэр сылдьан маастар кылаастары, оҕолорго анаан «Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхоттон быһа тардан куукуланан испиктээх уонна Т.В. Чээбий «Ала Булкун» олоҥхотуттан испиктээх көрдөрүөхтэрэ.